Тыын былдьа?ыгар
Шрифт:
Харах ыларын тухары тула хайалар, д?р?н-д?р?н тайах у?ун дьоро?ор ата?ынан атаралаан ааспыт суола к?ст?р. Хаар анныттан хара улар к?т?н ла?ыйан тахсар, киис обургу мас к?т?р?гэр ??мэн сыбдыйбыт суола дыргыйар. Кини обургу утуйа сытар куртуйахтары, бочугурастары биллэрбэккэ эрэ т??лэрин бур?атан эрдэ?э. Албын са?ыл куобахха и?ээ?нээн, ч?м-ч?м ?ктээн ааспыт суола к?ст?р. Кырынаас кутуйах к?рд??н биир тэ?ник лэкэчэктээн ойбут. Хаххан, хаппыт маска олорон, аарыма т?б?т?н эмискэ с?р т?ргэнник эргитэн, ??н тиэрбэ?ин са?а эрилкэй хара?ынан тулатын к?р?нэр. Улуу Суорун уола хара суор би?игини уруйдаан, баты?а к?т?н халаахтыыр. Мин бултуйдахпына уос-тиис ?ллэстэр буолла?а.
Тулам кырса т??т?н курдук кылбархай хаар. Ки?и тылынан ойуулаабат кэрэ к?ст??тэ. Ама, бу кэрэ к?ст??н? к?р? олорон хайа да дьиппиэн бэйэлээх манньыйан, нохтолоох тойон с?рэ?э толугуруу м?хс??, хай?ахтаах хара быара хамсыа суо?ай? Т??? да кы?ы??ы кылгас к?н киириэр диэри айаннаатарбыт, бииртэн биир кэрэ к?ст??н? уонна кыра?а суругун к?р?н к?н биллибэккэ ааста.
Борук-сорукка Тэккэни Эбэ ??тээнигэр тиийэн кэллибит. ??тээн саха бала?аныныы тутуллубут, та?ынан буору хаайан сабараанньалаабыттар уонна ????т?гэр дылы буор куппуттар. Буор чи?ээн миэтэрэ а?аара т?сп?т, ма?ын быы?ынан ?рд?к мэ?э халлаа??а сулустар бала?аны эргиччи бачыгыра?ан, кылапачы?ан к?ст?лл?р. Хара?а?а харбыала?ан уоппутун отуннубут, хата, булт ?гэ?ин туту?ар дьон сылдьыбыт буолан, а?ыйахта оттор ма?ы хаалларбыттар.
То? турар ??тээни отуннубут, о?охпут ??рэн-к?т?н умайан сирилээтэ. ?рэххэ киирэн ойбон алларан, уу ба?ан, ас астанныбыт. Эбии, тэйиччи сиртэн хаппыт ма?ы кэрдэн, т??н отторбутугар мас бэлэмнээтибит. Хойукка диэри т?б?г?рд?б?т. ??тээммит ки?и тыына бур?а?наабат эрэ буола сылыйыыта Баай барыылаах Байанайтан, сир-дойду иччилэриттэн к?рд???н, Дьокуускай куораттан анаан-минээн кэргэммэр астатан а?албыт арыылаах алаадьыбынан аал уоппун айах тутан к?нд?лээтим. Ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ а?аатыбыт. Тото-хана а?аан баран, утуйар та?аспын бэрийдим. Баата матараас ?рд?нэн таба тэллэх тэлгээтим, ол ?рд?нэн ??тээ??э баар олохтоох нэк буолбут куобах суор?аны уурдум уонна эмиэ нэк буолбут куобах суор?анынан, онтон кус т??тэ суор?анынан сабынным.
??тээммит истиэнэтин быы?ынан ыраах кылахачы?ар сулустары к?р?н, тыыммыт бур?а?ныы-бур?а?ныы, кэпсэтэ сыттыбыт.
«Бэрт дии, дьи?нээх булт диэн маннык буолар: хайа эмтээх сибиэ?эй салгына, кылыгыраан с??рэ сытар таас Дьаа?ы ?рэ?ин дьэ?кир уута, сибиэ?эй булт этэ. ?сс? мантан ордук булчукка туох наада. Хата, доруобуйа?ын к?нн?р?н, эмтэнэн бар», – диир Б??т?р…
Мин маннык хардарабын: «Ээ, эмп-томп б???н? а?албытым, б?т?н биир м????чч?к».
Ки?им тута ?йд??б?т?хп?р с??рг?лээн: «Ити аата айыл?а эмин этэбин. Онтум ыалдьар, мантым ыалдьар диэн ??сэргиигин, мин луохтуур буолбатахпын. Эн бэйэ?ин харыстаммакка, ыалдьабын диэбэккэ, то?уу хаары кэ?эн ?лт? сылайар гына хаамп, айыл?а бэйэтэ к?р?н эмтиэ?э, эн сибиэ?эй салгы??а хаамп эрэ», – диэн хомуруйа со?ус с?бэлээн эттэ.
Кэпсэтэ сытан этим атыйан, дьагдьайан бардым. Туран чараас бэргэ?э кэттим уонна уота с???р?йб?т о?охпор мас эбэн баран: «??тээммит кыра салгыннаах, с?р??н со?ус дуу», – диэн сэрэнэн эттим.
Ки?им с?б?лээбэтэх куола?ынан с???д?йдэ: «Кы?ы??ы булка кэлэн баран мантан сылаас тыа дьиэтигэр хонуом дии санаабыты? дуо? ??л мутук тосту то?ор тымныытыгар манна хапкаан к?р? сатыы кэлэр, кырдьык, саллыылаах. Аара то?уурдаргын к?р?н, хара?а?а харбыала?ан, туос сатыы бырды? быстан к?лгэдийэн кэлэ?ин, илии иминэн мас мастыыгын. Ол сылдьан с?гэ? уга тосту ыстанан ыксатар. Дьэ, бы?атын эттэххэ, дьи?нээх эр ки?и булда бу буолар. Маннык булка уол о?о уйана-хатана биллэр, у?аарыллар-хатарыллар», – диэн са?арбыппын кэмсиннэрдэ.
Саха былыргы булчуттара т??лээх соноругар т???л??х то?муттара-хаппыттара, эрэйи э?ээрдэринэн тэлбиттэрэ буолуой диэн бэйэм эппинэн-хааммынан билэн олус с?хт?м. Т??? ичигэс та?астаах буолуохтарай, уонунан к?ск? салаасканан сатыы бултуу тахсар дьон. Былыргы улуу булчуттары ытыктаан, кинилэртэн саллан, са?ата суох с???н сыттым.
?б?гэлэрбит ?рк?н ?йд??х буолан бу дойдуга олохсуйан олордохторо. Булт тэрилин айан, ону ту?анан, бултаан-алтаан тыыннаах ортохторо. Холобур, айаны о?оруу, тыатаа?ы сохсотун охсуу, хандааны туруоруу т???л??х мындыр ?йт?н тахсара буолуой. Саха былыргы булчуттара аар айыл?а?а у?аарыллан-хатарыллан, куо?анан, сындалыйбат сындаа?ыннаах буолаллар. Кинилэр удьуордара – тустууктарбыт аан дойду улахан к?б??рдэриттэн кыайыы к?т?лл?н?н сири-сиксигинэн эргийэн кэлэллэр.
Арай сарсыарда у?уктубутум: о?ох тигинэччи оттуллубут, харбыыл истиэнэ быы?ынан сулустар к?ст?бэттэр, халлаан су?уктуйан эрэр. Куоракка курдук буолбатах. На?аа чэбдигирэн у?угуннум. ??рэ-к?т? ойон туран, курданарбар дылы сыгынньахтанан, хаарынан сууннум-тараанным.
Ити к?н ?р??н, маспытын бэлэмнээтибит. Эргэ ??тээн буолан, хаппыт мас биэрэстэ ыраах ?рэх куулатыгар ордубут. Ону булан охторон, соро?ун та?ан, бы?а холоон биир ыйга тиийэр гына, бысталаан кэбистибит. ?лэни б?тэрэн киэ?э а?ыы олордубут. Мин бала?ан ба?анатыгар ?й?н?н, наара оро??о олорон, куруускаттан итии чэйи сыпсырыйан и?эбин. Б??т?р миэхэ к?хс?нэн олорон остуолга а?ыыр.
Ол олордохпуна, эмискэ, т??? да аан а?ыллыбатар, «киирдилэр» диэн сэрэйэ санаатым. С?рэ?им эмискэ к??скэ тэптэ, кулгаа?ым чу?кунаата, мэйиим эргийдэ. Кыайан хамсаабат турукка киирдим. Б??т?р тугу эрэ кэпсиир, ону ?йд??н истэр кыа?ым суох, са?ата ханна эрэ ыраах и?иллэр. Кыахпын былдьатан, далбааран, хамсалаах табах бысты?а да? курдук олорбутум кэннэ «та?ыстылар» дии санаатым. Дьэ онтон уоскуйан туос амабар т?ст?м. Киэ?э ??т?н тохпут о?олуу уку-сакы сырыттым. Онноо?ор до?ордоох ки?и кыа?ын ылар буоллахтарына, б?т?н биир ыйы бы?а билбэт сирбэр хайдах со?ото?ун олоробун диэн санаа т?б?б?р эриллэн киирдэ.
Киэ?э хойут, утуйаары сытан, с??м т?сп?пп?н к?р?н ки?им с?бэлээтэ: «??тээ??э со?ото?ун хоноргуттан дьаарханар буоллаххына, к?н? бы?а ?лт? сылайыах-хар диэри тыа?а хаамп, киэ?э хойут кэлэн ?лэ?ин-хамнаскын б?тэрэн баран, тугу да санаабакка утуйан хаал. Бу дойдуга тугу эмэ сыы?а-халты туттан холдьо?улуннаххына, т??н туран куотума, то?он ?л???, халлаан сырдыыта айаннаар. Ки?и эрэ буолларгын сэрэнэн сырыт, илиигин-атаххын дэ?нээтэххинэ ким да ?р???йбэт, мин биир ыйынан кэлиэхпэр диэри суолу? сойуо, буларым да саарбах. Бу дойду с?б?лээбэтэ?инэ тута биллэрэр».
Сарсыныгар Б??т?р дьиэлээтэ. Биир ый со?ото?ун аар тай?а ба?ыгар хайалар быыстарыгар хааларбыттан санаар?аан, санаа эргимтэтэ о?осто сытан, утуйан хаалбыппын. Оро?уйа5 сытан т??л т??ээн т??к?л?йд?м. ??тээ??э баар курдукпун. Б??т?р утары истиэнэ?э баар оронугар сытарын курдук сытар. Дэлби хаба?арбыппын, дьиэ та?ыгар та?ыстым. Арай к?рб?т?м: ??тээним дойдубар, ыалларым ?нд?р?йд??х далларын кэннигэр, баар эбит. Мин на?аа ??рд?м. Дьэ хата дойдубар бултуу сылдьар эбиппин дии санаатым. Ол быы?ыгар дойдубар куобах суох, чэ, туох буолуой дии саныыбын.
Ол сытан ки?им турбутугар у?угуннум. Тута т??лб?н кэпсээтим. Б??т?р балайда са?арбакка дьо?умсуйан сытан баран т??лб?н тойонноон эттэ: «Дьэ, Дь?г??р, бу дойду эйигин кырыы хара?ынан кынчарыйбатах, аты?ыраабатах, дойдугар сылдьар курдук санан диэбит».
Тото-хана а?аан баран, дьиэ та?ыгар тахсан ки?ибин, а?атын сайыспыт о?олуу, икки хайа икки ардыгар саппа?ыран туран атаардым. Б??т?р куула тыа?а киирэн к?хс? а?ыйахтык к?ст?н хаалла. Мин т??лб?н саныы-саныы, онтон дуо?уйан ??рэ-к?т?, сарда?алаах сарсыарданы уруйдуу, аламай к?н утары ту?ахтарбын иитэ, сарсыардаа??ы дьыбары бур?а?натан, алыы диэки хаама турдум.