Чтение онлайн

ЖАНРЫ

Тыын былдьа?ыгар
Шрифт:

К???н буолбутугар тыа?а тайахха хаама тахсыбыттар. Чиккэ Уйбаан ыта буолан, Хабараан с?рдээх мааны ???. Ол к???н булт б???н? бултаабыттар да?аны, мааны ыттара бултаспатах. Ыттар тайа?ы ?рэн тохтоттохторуна, тугу ?рэллэрий диэн к?р?н турара ???. Бука, тайа?ы ынахха маарыннатара буолуо. Булчуттар дьиктиргииллэр эбит. Чуга?аан к?рд?хт?р?нэ, ыттар ?рэ сылдьар тайахтарыттан Хабараан чугас олорор уонна уонна ?рс?бэт ???.

Уйбаан саа?ыран кулгаа?ынан м?лт?хт?к истэр буолбут, онон тайахха биирдэ эмэ барсар идэлэммит. Сарсыарда аайы ханан хайдах сылдьыахтаахтарын бы?аарар уонна астарын астаан абырыыр эбит.

Алтынньы са?аланан, сир ?рдэ, к??л муу?а добдугураччы то?мут. Хаар кыыдамнаабыт. Биир ?т?? к?н ар?ахха т?бэспиттэр. Хабараан бу сырыыга, тыатаа?ыны ынахха майгыннаппакка буолуо, ?р?? б???н? ?рб?т, бултуйбуттар. Ол к?н Уйбаан тыа?а барсыбыт. Киэ?э малаа?ыннаабыттар, о?онньордоро ??р?? б???т?н ??рб?т, ытым булчут буолла диэн улаханнык астыммыт.

Дьэ э?иилигэр ыттарын илдьэ тахсыбыттар. Бу сырыыга Хабараан букатын атын майгыламмыт: тайа?ы к?рд??р, булла?ына урутаан туруоран ?рэр, хаайан тохтотор. Ол к???н Баай Байанайдара ?лг?мн?к бэрсибит. Нуотара Эбэ хотун устун ??тээнтэн ??тээ??э Чиккэ Уйбаан ?ч?гэй ыттаммытын ту?унан сурах-садьык тар?анар. Алаас-алаас аайы, атыыр о?устуу айаатаата диэбиккэ дылы, ??тээн аайы булчуттар уостарыттан Хабараан диэн аат т?спэт буолар.

Ол са?ана би?иги а?абыт ытын булка ??рэттэрээри, уонна аатырдар Хабарааннарын к?р??р?, ата?ыныын Б?т?р??п Б??т?рд??н Ноху ?рэххэ Чиккэ Уйбаа??а бултуу тахсыбыттар. Болто?оттон бы?а т??эн Мырыла?а матасыыкылынан тиийбиттэр. Хата ат булан, малларын онно ындыылаан, Ноху диэки сатыы т???мм?ттэр. Хас да хонук айаннаан Чиккэ ??тээнигэр чуга?аабыттарын кэннэ, арай биир т??рт харахтаах ма?ан эриэн улахан ыт утары кэлэн, ??тээ??э баты?ыннаран а?албыт.

Киэ?э ??рэ-к?т? а?ыы олорбуттар. Ол олордохторуна о?онньор: «Дь?г??р, эн урут бултуур эти? дуо? Мин ытым мээнэ ки?ини утары тиийэн арыаллаабат», – диэн ыйыппыт.

Ону а?абыт билбэт сиригэр, улахан ?рэххэ, кэллэ-кэлээт бэйэбин кэпсэнэ олордохпунуй дии санаан: «Ээ, дьону баты?ан, тайахха биирдэ эмэ сылдьар этим», – диэбит.

Кулу?ун уота с???р?йэн эрдэ?инэ Хабараан уот кытыытыгар к?хс?нэн сытынан кэбиспит. Онно Уйбаан икки са?а кэлбит ки?иттэн хайаларын кэргэнэ ыарытыйарын ыйыппыт. Дьэ итинник, тиийээттэрин кытта Хабараан дьикти ыт буоларын к?рд?рб?т.

?рэххэ булчут да, ыт да элбэх буолар. Сарсыарда хас да б?л?хх? хайдан, хас да хайысханан хаама бараллар. Сорохторо о?онньор ыйбыт сиригэр к??лгэ тиийэн то?уйаллар эбит. Тайах, ыттан м?чч? туттарда?ына, ууга т??эн куотар идэлээх.

Т??? да?аны мэлдьэстэр, о?онньор булчут ки?и кэлбитин туттарыттан-хаптарыттан сэрэйэн, хаама барарыгар ытын Хабарааны биэрэн ыытар. Биир ?т?? к?н бултуу баран истэхтэринэ, ыттара мэлис гынан хаалар.

Ол к?н булка сылдьа илик оскуоланы са?а б?тэрбит хара?ынан м?лт?х уол Чиккэ ыйбыт к??л?гэр то?уйа олорбут. Уол к??л халдьаайы ?тт?гэр о?онньор ыйбыт тиитин анныгар тохтообут эбит. К?н ортото аа?ыыта Хабараан куулаттан кэлбит уонна икки илин ата?ынан охтубут маска ууран, тирэнэн, халдьаайыны одуулаабыт. Сыл аайы бултуур буолан, то?уурга ханан олоруохтаахтарын билэн эрдэ?э.

Уол хамсаабытын к?р?н, Хабараан с??рэн кэлбит. ??рэн уол сирэйин салаабыт уонна барыахха диирдии, сонун тэллэ?иттэн тардыбыт. Уол ыты батыспыт. Ыта к??лгэ чуга?аат, ?рэн то?о барбыт. Арай с??рэн тиийэн к?рб?тэ, туох эрэ к?хс? к?рд?рг??р эбит. Аны адьыр?а буолуо диэн сирдиргии, салла санаабыт. А?ылаан ачыкыта к?л???нн?рб?т?н ырбаахытын тэллэ?инэн соппут, саатын бэлэм туппут. Хабараа??а эрэнэн, адьыр?а да?аны буолла?ына киирсэр санаалаах эбит. Хата, кини ??р??х быатыгар, ойуур быы?ынан тайах барыс гыммыт. Уол у?уну-киэ?и толкуйдуу барбакка ытан саайбыт. Тайа?а мэлис… Уол сыы?а тутуннум дии саныы турда?ына, тайа?а эмиэ к?ст?б?т?гэр ытан ылбыт. Тиийэн тайа?ын астаабыт уонна ытын а?аппыт. Т?нн?н истэ?инэ, ыта кэлэн эмиэ сонуттан тардыбыт. «Бу ыт туох буолан ки?ини ы?ырда?ай» диэн саныы-саныы баты?ан тиийэн к?рб?тэ, ?сс? биир тайах сытар эбит. Ол тайа?ы астаан, дьонугар ??рэн-к?т?н кэлбит. Хабараан к??л кытыытыгар ы?аахтаах ты?ы тайах турбуттарын эрдэ билэн, сирдээн илдьэ барбыт. Уол ма?най ийэтин охторбут, онтон о?отун. Эдэр ки?и улахан ты?ы тайа?ы ы?аахтан араарбата с?п. К???н ы?аах ийэтин са?а буолар, омос к?р?н ки?и билбэт.

* * *

Биирдэ ыттар тыатаа?ыны ар?ахха ?рб?ттэр. Ууларыгар-хаардарыгар киирэн, икки уохтаах ыт о?ото дьиэ?э киирэ-киирэ тахсыбыттар. Адьыр?а ар?ах т?гэ?эр кырыктаахтык ырдьыгыныыр эбит. Эдэр ыттар уох-кылын б???л?р? буоллахтара, синньигэс бииллэригэр диэри дьиэ?э киирэн, с?тэ-с?тэ к??рэйбиттэр. Хабараан ма?най са?ата суох к?р?н турбут, онтон ыттары тии?инэн сабыр?ахтарыттан ылан, утуу-субуу ыраах элитэлээбит. Бэйэтэ тэйиччи туран, ыксаабакка, ?р буола-буола ?рэн ло?кунаппыт. Дьоно эдэр уохтаах ыттары ыспытын к?р?н со?уйбуттар, онтон былырыын бэйэтин адьыр?а ар?ахха соспутун ?йд??б?ттэр. Уруккуну умнубат эбит диэн саллыбыттар. ?сс? Хабараан бэ?э?ээ ?рэ?и куулатынан барбыт буолла?ына, сарсыныгар ?рэх халдьаайытынан барарын с?хп?ттэр.

Биирдэ а?ам Уйбаанныын к?н? бы?а хааман баран киэ?элик ??тээннэригэр т?нн?н истэхтэринэ, ыттар тайа?ы ?рэн баргыйбыттар. Чиккэ Уйбаан: «Дь?г??р, ыттар ба?ар м?чч? тутуохтара, онон ?рэххэ киирэн то?уй», – диэбит.

А?ам хойуутук ??нэр ыар?аны силэйэ-силэйэ, ?рэххэ с??рэн киирбит. Тыа ба?ын сатарытан, саалар тыастара то?ута барбыт. Ону истэн, а?ам «охтордулар» дии санаабыт. Арай т?нн?н и?эн к?рд???нэ, ?рэ?и та?нары уонтан тахса салаа муостаах аарыма буур, харыс у?уннаах соллура биэтэ?нээн, тамайа сиэлэн а?ай и?эр эбит. А?ам ыар?а быы?ыгар хаптайбыт, саатын бэлэм тутан ?нд?йб?т. ?рэх халдьаайытын кындаатынан икки с??счэкэ хаамыылаах сиринэн аа?ан эрэр эбит. К??н?н к?р?н баран, харабыынынан ытан хабылыннарбыт. Буур с??рб?т уо?ар, хойуоста-хойуоста, охтон т?сп?т. Хабараан тилэх уопсан кэлэн, омунугар тайа?ы а?ары т?сп?т, онтон сытын с?тэрэн т?нн?б?т. Тохтуу т??эн баран атын ыттар а?ыла?ан кэлбиттэр.

* * *

Биирдэ ыттар ойуурдаа?ыны ?рэн тохтоппуттар. А?ам аах ???? буолан сылдьыбыттар. Икки ?тт?нэн киирбиттэр. А?ам саатын бэлэм тутан испит. Ычык быы?ыгар ыттар ?рэллэр, онтон тыатаа?ы к?ст?бэт ???. Биир т?гэ??э к?л?к?с гынан хаалбыт уонна дьонун диэки сы?арыйбыт. Адьыр?а к?ст?н аа?ыытыгар а?ам быыс булан ыппатах.

Сотору дьоно ытыалаан тибиргэппиттэр. А?ам тиийэн к?рб?тэ: хайыы ?йэ охторбуттар, тыатаа?ы б?тэ?ик м?хс??т?н м?хс? сытар эбит. Ыттар бары м?????ннэрбитинэн хатана сылдьаллар. Ыттары кытта а?ам ма?ан ытын о?ото к?хх? ыйааста сылдьарын к?р?н ??рб?т.

??тээннэрэ ол сиртэн чугас буолан, эдэр уол к?т???н илдьиэххэйи? диэн этии киллэрбит. Ону саастаах ки?илэрэ: «Т?б?т?н к?т???н к?р эрэ», – диэн хардарбыт. Эдэр уол ?с киирбэх, тыатаа?ы т?б?т?н сы?а?астаан нэ?ииччэ ?нд?пп?т. К?рд?хх? кыра эрээри, ыйаа?ына лис курдук буолар эбит.

* * *

Кыра?а хаар т?сп?т?н кэннэ Чиккэлээххэ атын булчуттар, т?нн?н и?эн, таарыйбыттар. Дьи?э, ыттаах дьо??о кэлээт да?аны, ыттарын баайыахтаахтар этэ да, оннук дьа?амматахтар. Ол дьон ?ч?гэй бы?ыылаах-та?аалаах бэдэрдьит ыттаахтар эбит. Ол ыт ма?най биир ыт о?отун сарылаппыт, онтон иккис баайыллан турар эдэр ыты орулаппыт. Сотору буолаат баайыылаах сытар Хабараан ?рд?гэр саба т?сп?т. К?р??х бэтэрээ ?тт?гэр Хабараан ойон туран к??н?нэн т??нэри охсон, бэдэрдьит ыты анныгар уктан кэбиспит. Ыт тыа ба?ын сатарытан, ый-хай б??? т??эрбит.

Ыт иччитэ: «Сиэтэ», – диэн кыланаат, мас ылан Хабараа??а ыстаммыт. Онуоха Уйбаан саатын хаба тардыбыт уонна: «Ыппын охсуо? кэриэтэ миигин кырбаа», – диэбит. Ыт иччитэ Хабарааны охсон и?эн, ыар-н??эр са?аттан т??скэ астарбыттыы, тохтуу т?сп?т. Чиккэ Уйбаан на?ыл, холку бэйэтэ, ытын к?м?скэ?эн, хаана бы?ытталанан, сирэйэ-хара?а тыйы?ырбыта с?рдээх ???. Бары булчуттар мах бэрдэрэн турбуттар, онтон ты?аа?ын к???э с?лл?н, туос амаларыгар т??эн, уоскуйбуттар. Ыт айа?ын саа уо?унан олуйан нэ?ииччэ араарбыттар. Анараа булчуттар кэри-куру буолан, ??ттэрин тохпут о?олор курдук дойдулаабыттар. ?т?мэн ?г?с сыл ааспытын кэннэ Хабараан ту?унан «Байанай» сурунаалга бэчээттэммитэ. ?т?? ыт аата умнуллубат эбит.

Поделиться с друзьями: